Добавить новость
ru24.net
Все новости
Декабрь
2024
1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16
17
18
19
20
21
22
23
24
25
26
27
28
29
30
31

3 D – принтерга үөрэтэр туһалаах куурус буолан ааста

0
Бу күннэргэ С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүтүүт иитии уонна хос үөрэхтээһин кафедратын преподаватэлэ Юрий Копырин салалтатынан Эвено-Бытантай улууһугар “Совершенствование профессиональных компетенций в области обучения учебному предмету “Труд” (технология) в условиях внесения изменений в ФОП ОО» диэн ааттаах куурус ыытылынна. 


Учууталлар куурус туьунан этиилэрин бэчээттиибит:
“Наhаа үчүгэй курс буолла, практическайа элбэх, инникитин туhалаах буолуо, начаалынай кылаастарга кырааскалыыр, шаблону туһэрэр, кырыйар программалары туттуохха сеп. Аны ити 3D - принтерга шби күүскэ үлэлэhиэн сөп, арыый улахан оҕолор программалаан оҥорон таhаарыа этилэр. Мин программированиеҕа сыстаҕаhым суох, а так Юрий Викторович хаалларбыт программаларын туттуохпун сөп. 3D - принтерга бэчээттииргэ кыралаан идеялар бааллар. Элбэх матырыйааллары, программалары хаалларбыккыт олус үчүгэй».(Айталина Попова, Саккырыыр орто оскуолата).

“Сүрдээх үчүгэй интириэһинэй 3D — принтер, фрезернай уонна лазернай станок киэнэ сүрдээх үчүгэй этэ. Маннык практическайдаах курска саҥа сылдьабын”. (Григорий Томскай, Дьарҕалаах орто оскуолата).

“Биһиги, И.Н.Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын учууталлара, куораттан кэлэн Юрий Викторович Копырин ыыппыт курсугар сылдьан элбэх труд уруогар туттуллар саҥа модульлар тустарынан көрөн-истэн, кинилэр үлэлэрин туһунан видео көрөн, практическай инструменнары хайдах программатын оҥорон таһаарыы туһунан элбэх өйдөбүллэри ыллыбыт.
Бу курс биһиэхэ элбэх саҥаны-сонуну оҕолорго өйдөтүүгэ, саҥа үйэ технологияларын олоххо туттуу, өссө да элбэхтик киэҥ эйгэҕэ таһаарарга олук буолара биллэр.
Онон Юрий Викторовичка өссө элбэх, туһалаах программалары биһиэхэ көрдөрөн өйдөбүлү биэрбитиҥ иһин махталбытын тиэрдэбин уонна туох саҥа сонун курстары өссө да ыраах сытар хотугу улуустарга тарҕатан, киин сытар улуустартан оҕолорбут хаалсыбакка тэҥҥэ сайдан иһиэхтэрин баҕарабыт. Барыта этэҥҥэ буоллун, өссө саҥа модульлар этаптарын көрүҥнэрин, үлэлэрин туһунан сырдата кэлэргэр баҕарабын”.(Валентина Колесова, Кустуур орто оскуолата).

«Мин бу труд уруогун курсугар практическай чааһын ордук сөбүлээтим.
Манна хайдах программаны таларгыттан араас оҥоһуктары оҥорору кэрэхсээн көрдүм. Оҕолор интэриэстэрин көҕүлүүргэ сүрдээх билиҥҥи технологиялар баалларын биһирээтим. Маннык технологиялар барар түгэннэригэр оҕолор көхтөөхтүк кыттан үлэлиэ эбиттэр диэн толкуйга кэллим. Өссө да практика өттүгэр кэлэн көрдөрөн биэрэллэрэ буоллар үөрүүнэн барыах этим”. (Лариса Горохова, Саккырыыр орто оскуолата).

                                                         


                                         

Сообщение 3 D – принтерга үөрэтэр туһалаах куурус буолан ааста появились сначала на SAKHALIFE.




Moscow.media
Частные объявления сегодня





Rss.plus




Спорт в России и мире

Новости спорта


Новости тенниса
Елена Рыбакина

Елена Рыбакина начала подготовку к сезону с новым тренером. Фото






Автономный робот для распознавания дорожных знаков

Telex: пассажиры Wizz Air устроили драку из-за негабаритных сумок в Будапеште

Новогодние огни зажглись на елке в селе Семеновское

Глава управы Ломоносовского района поздравил ветерана с Днем обороны Москвы и Днем Героев