Добавить новость
ru24.net
Все новости
Январь
2025
1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12
13
14
15
16
17
18
19
20
21
22
23
24
25
26
27
28
29
30
31

Алгыстар. Самаан сайыммыт. Көмүс күһүммүт

0

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Кэрэ сайыммыт кэлэн, уйгутун-быйаҥын биэрэн ааста. Көмүс күһүммүт кэллэ. Куһаҕан сайын буолан ааста диир табыллыбат. Саас уонна сайын бастакы аҥарыгар балачча ардахтаах этэ. Күһүҥҥү өттө улахан ардахтаах буолар чинчилээҕэ. Ол гынан баран атырдьах ыйыгар бу күһүҥҥү ыйга биллэрдик ардаабата. Атырдьах ыйыгар үксүн итии, кураан, куйаас күннэр турдулар. Уу сута кэлэн турар буолан: «Уу тартын, от үчүгэйдик оттоннун, үүнүүлээх буоллун, уйгу-быйаҥ уостубатын, куһаҕан кэлбэтин, сут дьону хаарыйбатын, ураа муостаах ууһаан үөскээтин, хонууга, халдьаайыга баппаттыы үксээтин, сөрүүн сөлөгөй дьону абыраатын, араҕас арыы айыы бастыҥ аһа буоллун, сыспай сиэллээх сыһыы ахсын үксээтин, сири иһит кытыт биэ кымыһынан туоллун, чороон ахсын кутулуннун, Сир ийэ халаан уутуттан босхолоннун, алаас, хочо ача ото арылыччы анньан үүннүн, оттоммут от сытыйбатын, самыыр-хаар суурайбатын, садырыын уута ылбатын, ардах ааҥнаабатын, алдьархай кэлбэтин, аччык олох бар дьоммун булбатын, сут олох суудайбатын, сүөһү-ас халдьаайы хаһыҥа буолбатын, быйаҥ олох быстыыта суох кэллин, сахам дьоно саҥа кэлбит саймалҕаннаах уонна саамылаһыылаах үйэҕэ сатарыйан, сүтэн хаалбатын, төрүүр оҕо төлкөлөннүн, үөскүүр оҕо үтүө аналлаах буоллун, сиик тыыннаах, симэһин хааннаах, босхо бастаах бороҥ урааҥхай бокуйан бүппэтин, саҥа кэлэр үйэҕэ саха тыла иһилиннин, үөскүүр үгүс үйэҕэ үксүү-үүнэ турдарбыт, күөх быйаҥ эстибэтин, күндү булпут-алпыт көҕүрээн бүппэтин, саҥа ыаллар буруолара сайылыкка тарҕаатын, алаас, толоон аайытын оҕо саҥата чаҕаардын, үтүө ыччат үөскээтин, үүнэр үгүс кэмнэргэ үрүҥ суола арылыннын, Үөһэттэн Үрдүктэн Үрдүк Таҥарабыт Үрүҥ Аар Тойон үтүө дьаһала кэллин, аламай маҥан халлааммытыттан Аар Айыылар алгыстара арылыйа сырдаан кэлэн, арылы-чаҕыл сырдыгынан тыктын, Айыы аймаҕын абыраатын, Үрүҥ күммүт диэкиттэн Үрдүк Күүс үрүлүйэн кэлэн, үрүҥ тыыммытын өллөйдөөтүн, хара тыыммытын харыһыйдын, өлүү суола өрүү ыраах буоллун, куһаҕан суола куудьуйбатын, бии, уһук туһаайбатын!», – диэн Үрдүк Аар Айыыларбар үҥтүм-сүгүрүйдүм, үгүс кэмнэргэ көрдөстүм, алгыс алҕаатым, анаан-минээн саҥардым, туойдум! Бу көрдөһүүм таах хаалбата дии саныыбын. Ол бастакытынан, аламай маҥан халлааным оттуур кэмҥэ ардаабакка турбутуттан, от-мас үчүгэйдик үүммүтүттэн көстөр. Сыыһа өйдөөн, «халлааны мин ардаппатым диэтэ», диэмэҥ. Үөһээ Аар Айыыларбыт Айыы ойуунун алгыһын, көрдөһүүтүн ылыннылар, Айыым дьонугар уйгу-быйаҥ олоҕу түстээтилэр, анаатылар диэн этэбин уонна алгыстарым, көрдөһүүлэрим ылыныллыбыттарыттан сүдү улаханнык үөрэбин. Ол курдук, мин анаан-минээн тахсан, алҕаабыт Хаҥалаһым сиригэр охтор хойуу от үүннэ, сирин-уотун ардах тумунна. Аар Айыыларбыт көмөлөрүнэн атын да сирдэргэ уйгуну-быйаҥы баһар кыах бэрилиннэ, барыта дьонтон бэйэлэриттэн тутулуктаах буолла.

Көмүс күһүн кэлэн, отун-маһын күрэҥситтэ. Балаҕан ыйа баһаам үгүс үөрүүлэрдээх буоллун диэн эрдэттэн алгыыбын, баай-дуол барылыйан кэлэригэр эрэнэбин. Бу ыйга ходуһалар оттонон бүтэн, сүөһүнү отуордата киллэрэн, кэнчээринэн күндүлээн, сыыйа сайылыктан кыстыкка көһөн, барыы кустан-хаастан тииһинэн, күһүҥҥү балыгы бултаан, үүт-ас үксээн, сайыҥҥы үлэ-хамнас үмүрүйэн, дьон-сэргэ саамай тоттук-ньүөллүк олорор кэмэ буолар. Онтон кыстык тэриллэр, дьиэ-уот оҥоруллар, күрүҥ-хаһаа сөргүтүллэр. Балаҕан ыйыгар тайах бултанар, булчуттар тыаҕа тахсан, бултарын тэрилин оҥостоллор. Күһүн быйыл уһуур бадахтаах. Үтүө, дьогдьоот күһүн буоллаҕына, бэрт буолуо этэ. От элбэхтик үүннэ. Ону самыыр түһэн, сиргэ сыһыарбата буоллар, сылгы абыраныа этэ.

Cаха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх матырыйааллар архыыпка бааллар дуо?

Ойууттар тустарынан суруйуулар

Арҕааттан анысхан тыал үрэриттэн хайдах көмүскэнэбит?

Кутталлаах ыарыылар тустарынан

Сахалар ахсааммыт уонна араас муодалар тустарынан

В.А. Кондаков, «Аар Айыы итэҕэлэ». 5-с чаас. 204-238 с.

Сообщение Алгыстар. Самаан сайыммыт. Көмүс күһүммүт появились сначала на SAKHALIFE.




Moscow.media
Частные объявления сегодня





Rss.plus




Спорт в России и мире

Новости спорта


Новости тенниса
Новак Джокович

Джокович: Алькарас хочет стать лучшим в истории






Хозяйка из Одинцово продает смывающего воду умного кота за 200 млн рублей

Москвичей предупредили о гололедице и мокром снеге в ночь на 12 января

МЧС Москвы предупреждает о снеге и гололедице: будьте осторожны на дорогах

Путин поздравил прокуратуру: 300 лет истории и важные достижения