Добавить новость
ru24.net
Новости по-русски
Ноябрь
2024

Владимир Прокопьев: Саҥа сокуон киириитигэр дойдубут уратыта, дьон-сэргэ интэриэһэ учуоттаныаҕа

0

2022 сыл тохсунньу 25 күнүгэр Госдумаҕа «Публичнай былаас ситимигэр олохтоох бэйэни салайыныы уопсай бириинсиптэрин туһунан» федеральнай сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааспыта. Бу кэнниттэн сокуон барыла Арассыыйа эрэгийиэннэригэр икки сыл кэриҥэ үгүс дьүүллэһиини, ырытыылары ааста. Бу кэм устата субъектар сокуон барылыгар бэйэлэрин этиилэрин, уларытыыларын киллэрдилэр.   Бу туһунан биһиги СӨ Ил Түмэнин судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьевы кытта көрсөн кэпсэттибит.

Владимир Михайлович  олохтоох бэйэни салайыныы ситимигэр улуус баһылыгынан үлэлээбитэ. Ол иннинэ Ил Түмэн  иккис ыҥырыылаах мунньаҕар дьокутааттыыр кэмигэр олохтоох бэйэни салайыныы 17 сокуонун ылыныыга тус бэйэтинэн үлэлэспитэ. СӨ баай-дуол, сир сыһыаннаһыыларын  миниистирин бастакы солбуйааччытынан  үлэлии олорон баайы-дуолу олохтоох бэйэни салайыныыга бэриллиитин үлэтин сүрүннэспитэ. Онон кини олохтоох бэйэни салайыныы сокуонун ис тутулун бастакыттан үөрэппит, оҥорсубут уонна оройуон баһылыгынан үлэлии олорон бу сокуон олоххо киириитигэр  чопчу үлэлэспит уопуттаах дьокутаат буоларын быһыытынан биһиги киниттэн дьоҥҥо быһааран биэрэригэр көрдөстүбүт.   

– Владимир Михайлович, олохтоох бэйэни салайыныы биир тиһиктээх былаас ситимигэр көһөр реформатынан сибээстээн улуустар, нэһилиэктэр таһымнарыгар уларыйыылар киирээри тураллар.  Манна дьон дьиксинэрэ, мунаарара элбэх  

  Бу сокуон уопсай сүнньэ диэн 2020 сыллаахха Россия Конституциятыгар биир тиһиктээх былаас ситимэ дойдуга баар буолуохтаах диэн уларыйыы киирбитинэн сибээстээн  2021 сыллаахха Россия таһымыгар 414№-ээх субъектар былаастарын ситимин туһунан сокуон ылыллыбыта буолар. Онтон билигин олохтоох бэйэни салайыныы  уопсай бириинсиптэрин туһунан сокуон ылыллан эрэр. 

Соторутааҕыта – 2024 сыл сэтинньи 11 күнүгэр Госдума судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуоннарга кэмитиэтэ тэрийбит оробуочай бөлөҕүн мунньаҕын Павел  Крашенинников салайан ыытта. Манна ФС федеративнай тутулга,  региональнай бэлиитикэҕэ уонна олохтоох бэйэни салайыныыга Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Шевченко уонна  РФ Госдуматын эрэгийиэннээҕи бэлиитикэтин уонна олохтоох салайыныыга Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Диденко кыттыыны ыллылар. Маны таһынан быһаччы бу сокуон барылыгар үлэлии сылдьар дьон кытыннылар. Бу мунньахха ыҥырыллыбыт субъектартан – Московскай уобалас, Крым, Татарстан, Свердловскай уобалас, Пермскай кыраай уонна Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылбыттара. Манна сүрүннээн ааптардар араас аналитиканы уонна сокуон ис барылын билиһиннэрдилэр уонна субъектар этиилэрин, боппуруостарын иһиттилэр. Ол иһигэр мин эмиэ бу дьүүллэһиигэ кыттыыны ыллым, кэккэ боппуруостарга ыйытыктары биэрдим, этиилэри киллэрдим.  

Ол курдук, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын кииннээһиҥҥэ, уокуруктар тэриллиилэрин механизмын туһунан, олохтоох бэйэни салайыныы боломуочуйатын туһунан, сири-уоту бас билии боппуруостарыгар уонна бюджет, налуок сокуонугар  туох уларыйыы киирэрин чопчуластым. Тоҕо диэтэххэ, бу реформа биир сүрүнэ диэн күн бүгүн Россия үрдүнэн олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара дьиҥнээхтик боломуочуйаларын толороллоругар үптэрэ-харчылара тиийбэтин быһаарыы буолуохтаах. Саамай сүнньэ итиннэ сытар, хас да таһымнаах  буоллун, саамай сүрүнэ – үпкэ-харчыга сытар. Ол иһин биһиги бу реформаттан саамай кэтэһэрбит диэн бюджет уонна нолуок законодательствота уларыйан олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара сөптөөх үптээх-харчылаах буолуохтаахтар, оччоҕо сайдыы барар диэн биһиги боппуруоһу туруорсабыт. Манна туһааннаах бэйэбит этиилэрбитин биһиги сокуон барылын дьүүллэһиитэ саҕаланыытыгар оҥорон киллэрбиппит. Бу мунньахха тыл этэрбэр бастакы ааҕыы кэнниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламена  9 этиини Госдумаҕа киллэрбитин аҕынным. Сүрүннээн биһиги этиилэрбит боломуочуйаны кытта сибээстээхтэр: субъект федеральнай таһымҥа тугу быһаарыахтааҕын, муниципалитет тугу быһаарыахтааҕын. Онно биһиги этиибитигэр үгүс боппуруостар субъект таһымыгар быһаарыллыахтаахтар диэн чопчулаан киллэрбиппит.

 – Сокуон барылыгар киирбит ханнык көннөрүүлэри оробуочай бөлөх ылынна?

  Күн бүгүҥҥү туругунан бастакы ааҕыы кэнниттэн бэлэмнэммит сокуон барылыгар биһиги этиилэрбит улахан аҥардара – 5-6  көннөрүү учуоттанан ылыллан тураллар. Онно үс сүрүн түһүмэххэ көннөрүүлэри киллэрбиппит. Бастатан туран, тэриллиэхтээх уокурук организационнай, функциональнай, территориальнай чааһыгар киирбит этиилэр. Ол курдук, муниципальнай тэриллии кыраныыссаларын уонна кинилэр уларыйыыларын-тэлэрийиилэрин быһаарыы – олохтоох бэйэни салайыныы уонна субъект бэйэтэ эрэ быһаарар буолуохтаах диэн биһиги чопчу этии киллэрбиппит. Онон манна федеральнай уорганнар кыттыыларын сотуохха диэн. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын быһаарыы, хайдах структуралаах буолуохтааҕа эмиэ субъект таһымынан чопчуланыахтаах диэн этии киллэрбиппит. Аны туран, олохтоох бэйэни салайыныыга кэккэ уратылар бааллар, холобур, нэһилиэнньэ мунньаҕынан быһаарыллар боппуруостар бааллар, киэҥ иһитиннэриигэ тахсар (публичные слушания) боппуруостара бааллар. Онно күн бүгүн бэрт аҕыйах тиһик (перечень) киирэн турар, үс эрэ боппуруостаах, ону биһиги кэҥэтиэххэ наада диэн этэбит. Холобур, публичнай слушаниеҕа атын боппуруостар эмиэ дьүүллэһиллиэхтээхтэр – олохтоох бэйэни салайыныы кыраныыссатын боппуруоһа, муниципальнай тэриллии стратегиятын дьүүллэһии, баайы-дуолу дьаһайыы концепциятын дьүүллэһии боппуруостара.

Өссө биир улахан принципиальнай боппуруос баар  – федеральнай сокуон быһыытынан 12 түгэннэргэ федеральнай таһымҥа эрэ ити уратылар быһаарыллыахтаахтар  диэн сурулла сылдьар. Ити түгэҥҥэ биһиги сөбүлэспэппитин биллэрдибит. Тоҕо диэтэххэ, бу саҥа нуормаҕа суруйбуттарын быһыытынан быһаччы федеральнай сокуоҥҥа эрэ бу уратылар олохтонуохтарын сөп диэн. Федеральнай территорияларга, федеральнай суолталаах куораттарга, субъектар столицаларыгар, сабыылаах территорияларга, наукаградтарга, кыраныысса аттынааҕы территорияларга, Сколковаҕа, урутааан сайдар территорияларга. Онно биһиэхэ быһаччы сыһыаннааҕа – Арктика зонатыгар сытар муниципалитеттар уонна аҕыйах нэһилиэнньэлээх сирдэр (территории с низкой плотностью сельского населения). Ол аата биһиги 36 муниципальнай тэриллиилэээхпититтэн 29 маннык критерийгэ  сөп түбэһэллэр. Ол эбэтэр бу сокуонунан эрэ буолбакка,  атын да федеральнай сокуонунан эмиэ сүрүннэниэн сөп диэн өйдөбүл тахсан кэлэр. Ол иһин, биһиги бу пууну күүскэ утардыбыт, биитэр Арктическай зонаны уонна кыра нэһилиэнньэлээх сирдэри диэни  сотон кэбиһиҥ, эбэтэр манна эбэһээт субъегы кытта сүбэлэһэн, сөбүлэһэн оҥоһуллуохтаах диэн эттибит. Муниципальнай тэриллии сокуон концепциятын быһыытынан булгуччу биир таһымнаах буоларынан, нэһилиэктэр таһымнарыгар депутатскай корпус диэн көрүллүбэтинэн  сибээстээн общественнай, коллегиальнай уорган хайаан да баар буолуохтаах диэн туруорсабыт. Бу коллегиальнай уорган бэйэтэ туһунан боломуочуйалаах буолуохтаах. Холобур, бюджет кээмэйин, сметаны дьүүллэһэр, стратегияҕа  этии киллэрэр, генеральнай былааны, сир боппуруостарын  дьүүллэһэр уонна территориальнай уорган салайааччытын кандидатуратын киллэрэр курдук боломуочуйалаах буолуохтаах диибит. Ону эмиэ этии быһыытынан киллэрдибит. Бу сокуон барыла ахсынньы ыйга иккис ааҕыыга ылыллара сабаҕаланар.  

Манна эбии этиэххэ наада, биһиги биир правовой государствоҕа олорорбут быһыытынан сүрүн боппуруостарбыт федеральнай таһымнаах сокуоннарынан сүрүннэнэллэр. Өссө төгүл этэбин, өрөспүүбүлүкэ парламена бу боппуруоһу элбэхтик дьүүллэһэн, элбэх этиилэри ырытан өссө 2022 сыл олунньутугар бэйэбит көннөрүүлэрбитин Госдумаҕа ыытан турабыт. Ол кэнниттэн билигин болдьоҕун икки төгүл уһаппыттарыгар хаттаан этиилэрбитин киллэрэн олоробут.  Саамай сүрүн туруорсуубут – биһиги субъект элбэх боломуочуйаны бэйэтигэр ылан сүрүн боппуруостары бэйэтэ быһаарарын курдук бырааптанарын туруорсабыт. Иккиһинэн, биһиги этиилэрбитин иһиттилэр дии саныыбын. Олохтоох бэйэни салайыныы уоргана бэйэтэ чуолкай боломуочуйалаах эрэ буолбакка, кини үптээх-харчылаах буолуохтаах. Судаарыстыбаттан бэриллэр боломуочуйа эмиэ үбүлэниэхтээх диэн туруорсабыт, оччоҕуна эрэ саҥа сокуон толору үлэлиир кыахтаах. Манна сорох дьон нэһилиэктэр бюджета суох хаалаллар диэн дьону буккуйаллар. Күн бүгүн өрөспүүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрэ ортотунан 90 тахса бырыһыан дотацияҕа олороллор. Ол иһин биһиги сүрүн туоурсуубут  нормативтар уларыйыахтаахтар, налоговай, бюджетнай кодекс уларыйыахтаах, муниципалитет бэйэтэ дохуоттаах буолуохтаах диэн.

   Сокуон субъектарга биэрэр боломуочуйалара кэҥээбитэ туох көдьүүһү биэриэҕэй?

  Биллэн турар, дьон долгуйар боппуруостара элбэхтэр. Онно араас барыйаан баар,  манна биһиги үчүгэйдик сүбэлэһэн баран бэйэбит ылынар сокуоннарбытыгар ону учуоттуохпутун наада. Биир үчүгэйэ диэн, сокуон киирэр быыһык кэмин (переходной период) уларытан биэрдилэр – 2035 сылга диэри. Ол кэмигэр ханнык дьайыылар барыахтаахтара болдьохтоох буолуоҕа. Бу сокуон үлэҕэ киириитэ 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн диэн. Ол иһигэр 2027 сыл олунньутуттан  эмиэ кэккэ боломуочуйалар үлэҕэ киириилэрэ күүтүллэр. Итини биһиги өссө үчүгэйдик үөрэтиэхпит, ырытыахпыт уонна өрөспүүбүлүкэ туһатыгар хайдах ордугун быһаарсыахпыт.   

Биири бэлиэтиэм этэ, биһиги бу сокуоннарбытын ылынарбытыгар сокуон балайда киэҥ боломуочуйаны субъектарга биэрэн эрэр, онон биһиги бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр хайдах дьаһанарбытын туһааннаах салайааччылары, бэрэстэбиитэллээх уорганнар, муниципалитеттар дьокутааттарын, баһылыктары, общественнай тэрээһиннэри, уопуттаах бэтэрээннэри кытта сүбэлэһэн өрөспүүбүлүкэ, дьоммут-сэргэбит интэриэстэрин учуоттаан тураммыт олохтоох сокуоннары ылыныахпыт. Онон билигин МТ реформатын дириҥник толкуйдаан  олоххо киллэриэхпит дии саныыбын. Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах  мунньаҕын дьокутааттара тоҕо ити боппуруоска уһуннук толкуйдаан ылыммыттарай диэтэххэ, атын регионнар урутаан элбэх сыыһаны-халтыны таһаарбыттара. Ол түмүгэр үгүс эрэгийиэннэргэ, Арассыыйаҕа даҕаны оскуолалар, балыыһалар сабыллан нэһилиэктэр эстибиттэрэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит итиннэ бэрт мындырдык сыһыаннаһан, боломуочуйатын сааһылаан, сөптөөх сокуоннары ылынан, сирин-уотун харыстыыр сокуоннары бириэмэтигэр ылынан, оскуолаларын, кыра нэһилиэктэрин саптарбакка дьаһанан олохтоох бэйэни салайыныы сүүрбэттэн тахса сыл устата үлэлээн кэллэ. Нэһилиэктэргэ аныгы көстүүлээх кулууптар, успуорт саалалара, саҥа оскуолалар тутуллан син сайдыы хаамыытынан тэҥҥэ барсан иһэбит.

Онон урут да уларытыылар киирэллэрэ, олох хаамыытын сиэринэн син биир сокуоннар уларыйыахтаахтар. Саҥа сокуон син биир ылыллыаҕа. Биһиги боломуочуйабыт кэҥээбитин сөптөөхтүк туһанан, бэйэбит сокуоннарбытыгар эрэгийиэн уратытын киллэрэн, араас мэхэниисимнэри туһанан сыыйа-баайа киирэн иһиэхпит. Ил Түмэн олохтоох бэйэни салайыныы биир ситимигэр киирэригэр урукку уопутун тутуһан, бастатан туран нэһилиэнньэтин, дьонун-сэргэтин интэриэһин учуоттаан  туран бэйэтин сокуоннарын ылыныаҕа.

Бу сокуон концепцията биир таһымнаах олохтоох бэйэ салайыныытыгар киирии, ону уларытыы кыаллыбатын өйдүү-өйдүү дьону буккуйуу табыллыбат. Биир судаарыстыба иһигэр олорорбутун умнумуохха. Сүрүнэ – биһиги бу балаһыанньаҕа тугу гыныахтаахпытый, хайдах дьаһанаыахтаахпытый диэн үчүгэйдик толкуйдаан сыыйа киирэн иһиэхпит. Нэһилиэк бэйэтэ административнай единица быһыытынан хаалыа, хас нэһилиэк ахсын территориальнай уорган тэриллиэ, нэһилиэк дьаһалтатын салайааччыта, специалистара хаалыахтара, нэһилиэккэ тиийэр үп-харчы билиҥҥиттэн итэҕэһэ суох бэриллиэҕэ, социальнай объектары – оскуолалары, оҕо уһуйааннарын, балыыһалары, культурнай-спортивнай дьиэлэри, суолу-ииһи, уоту, гааһы өрөспүүбүлүкэ бэйэтин үбүн суотугар былаан быһыытынан тутуоҕа.

Баһылыктар, салайааччылар эппиэтинэстэрэ үрдүө, тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһунан  дьарыктананалларыгар эбии кыах үөскүө. Сэбиэскэй былаас кэмнэригэр үлэлээбит сорох мэхэниисимнэр киирэллэр – ол барыта куһаҕан буолбатаҕа.

Наталья Попова, Ил Түмэн пресс-сулууспата




Moscow.media
Частные объявления сегодня





Rss.plus



Лучшие студенческие энергетические отряды «Россети Центр» и «Россети Центр и Приволжье» награждены в Москве

Подмосковные росгвардейцы получили более 100 новых служебных автомобилей

Токсиколог Кутушов перечислил топ-5 наиболее токсичных веществ в бытовой химии

Thyseed — новый игрок на рынке товаров для мам и детей в «Детском мире»


«Ничего не жду»: Азиза явилась в суд для дачи показаний об убийстве Игоря Талькова

Все дороги ведут в Новосибирск

Chanel, коллекция pre-fall 2025

Героическое участие армян в СВО. Часть девятая


Cook backs Jaiswal's fearless sledging of Starc

Bigg Boss 18: Netizens slam Raftaar and Ikka’s for calling Digvijay Singh Rathee ‘napti’; see tweets

Watch: India boss Rohit gets down to pink-ball business in Adelaide

Gujarat's Urvil Patel smashes another blazing century in SMAT


Коммунальные службы вернули тепло и горячую воду в дома Златоуста

• Dusil Photography • https://dusil.org

«Деловые Линии» открыли терминал в городе Бор в Нижегородской области

Лето на верховых болотах Ленинградской области


Woolly Boy and the Circus можно предзаказать на iOS, Android и PC

Доступна предзагрузка Steam-версии Delta Force: Hawk Ops

Arcane co-creator reminds fans 'there are always constraints', dispels theories the show was rushed or restrained by Riot's higher-ups

MMORPG Journey of Monarch можно предзагрузить на iOS и Android



На Воробьевых горах открылась фотовыставка «Без барьеров»

Интересные каналы в Telegram. Лучшие каналы в Telegram.

Фонд борьбы с инсультом ОРБИ при поддержке Т-Банка запустили платформу волонтерского фандрайзинга

Интересные каналы в Telegram. Лучшие каналы в Telegram.




Токсиколог Кутушов перечислил топ-5 наиболее токсичных веществ в бытовой химии

Лучшие студенческие энергетические отряды «Россети Центр» и «Россети Центр и Приволжье» награждены в Москве

Новогодний Piano Gala в Зале Чайковского 29 декабря

Открылась регистрация организаций на международную олимпиаду «IT-Планета 2025»


Состоялся благотворительный вечер-аукцион для сбора помощи в лечении детей, страдающих серьёзными нарушениями слуха

В Москве хирурги удалили с головы пациентки десять атером

Акции «Газпрома» усилили падение после слов Силуанова о дивидендах

Дом Лаврова на столичной Остоженке отреставрируют


Жену второй ракетки Белоруссии Герасимова обокрали в отеле Петербурга

WTA направила предостережения теннисисткам после скандала с Бадосой

В WTA могут ввести штрафы за посты в соцсетях после скандалов Бадосы и Линетт в Китае

WTA ввела цензуру на посты теннисисток в соцсетях из-за недавних слов Паулы Бадосы и Магды Линетт о Китае


Работать вместе. Подписан договор между музеем Победы и медиахолдингом

Лучших Дедов Морозов и Снегурочек выберут в Лобне 14 декабря

«Золотая маска» объявила имена почетных лауреатов

Акции «Газпрома» усилили падение после слов Силуанова о дивидендах


Музыкальные новости

Секреты мотивации: как превратить рутину в увлекательный процесс

"Ты будешь моей и точка". Тимати купил картину за 65 млн рублей

Смотрите "Вести" в 14:30: звезда Мариинки Василий Герелло дал концерт во Владимире

Джиган прокомментировал неожиданные перемены во внешности: видео Super



На Воробьевых горах открылась фотовыставка «Без барьеров»

В День Неизвестного Солдата подмосковные росгвардейцы почтили память Героев, отдавших свои жизни на благо Отечества

В День Неизвестного Солдата подмосковные росгвардейцы почтили память Героев, отдавших свои жизни на благо Отечества

Фонд борьбы с инсультом ОРБИ при поддержке Т-Банка запустили платформу волонтерского фандрайзинга


Новогодний хит! от MYAKESH Слушайте «Новогоднюю»!

Поломоечные машины из Китая с бесплатной доставкой по Москве и области

Сергей Собянин: Московский туризм продолжает бить рекорды

«ДедМорозное шоу со Снегурочкой» — новогодний подкаст с персонажами ГК «Рики» в Яндекс Музыке


Коллекционирование моделей авто: как начать свое хобби

Regions Development: 79% россиян планируют потратить средства с депозитов на покупку недвижимости

История суперкаров: модели, вдохновившие коллекцию Teboil

«Москвич» вне конкуренции: какие машины соперничали с первым массовым автомобилем


Александр Цыбульский принял участие в пленарном заседании инвестиционного форума «Россия зовёт!»

Путин: скоординированные действия ЦБ и кабмина нужны для сдерживания инфляции

Путин заявил об уходе Volkswagen из России по политическим причинам

Меркель отказалась верить в слова Путина о Кони


Свыше 4,8 тыс. случаев заболевания коронавирусом выявили в городе за неделю




Переход на клинические рекомендации: что возмутило врачей по всей стране

Только 6% женщин ориентируются на рекомендации врача при выборе косметики

Фонд борьбы с инсультом ОРБИ при поддержке Т-Банка запустили платформу волонтерского фандрайзинга

В Москве врачи спасли мужчину со сломавшимся кардиостимулятором


Такер Карлсон заявил, что Киев запретил Зеленскому дать ему интервью

Такер Карлсон: Посольство США в Киеве запретило Зеленскому давать интервью

Bild рассказали, что настоящая цель визита Шольца в Киев - узнать, на что готов Зеленский ради мира


Кубок Группы компаний «РЕГИОН»: Евгений Томашевский на вершине пьедестала

В Москве врачи спасли мужчину со сломавшимся кардиостимулятором

Суд передал олимпийский велотрек в Крылатском государству

ТРЦ «Нора» провёл семейный шахматный турнир


Признают ли Лукашенко на Западе после «выборов»?



Собянин: За пять лет работы на МЦД перевезли миллиард пассажиров

Собянин: Этапы строительства Рублево-Архангельской линии завершатся в 2026-2027

Сергей Собянин рассказал о развитии технопарка Руднево

Собянин: Ежегодно будем открывать новые маршруты речного электротранспорта


Краснокнижные колпицы поселились в Московском зоопарке

«Метриум»: На страже комфорта

Hybrid представил первый в России рейтинг виртуальных миров

В Москве полицейские пресекли сбыт свыше 1,4 кг мефедрона уроженцем Хабаровского края


Состоялся благотворительный вечер-аукцион для сбора помощи в лечении детей, страдающих серьёзными нарушениями слуха

Собянин: Три новых станции Троицкой линии метро откроют в начале 2025 года

Лучших Дедов Морозов и Снегурочек выберут в Лобне 14 декабря

Депутат Мособлдумы Маликов: Красногорск — мировой центр детского здравоохранения


Беспроводной сканер штрих-кодов SAOTRON P05i промышленного класса

Какой будет погода на Новый год, спрогнозировали синоптики

ТСД SAOTRON RT-T50: высокопроизводительный терминал сбора данных промышленного класса

В Архангельске представили выставку «Мечта о Севере. Снегурочка»


Калмыкия может открыть авиарейсы в Петербург, Казань, Екатеринбург и Улан-Удэ

Выставка-память «Пропавшие без вести, но не забытые», ко Дню Неизвестного солдата

Час мужества "Их подвиг жив, неповторим и вечен"

Беседа-рекомендация «Это важно знать»


17 населенных пунктов планируют газифицировать в Можайском округе в 2025 году

В Москве хирурги удалили с головы пациентки десять атером

Дом Лаврова на столичной Остоженке отреставрируют

Депутат Мособлдумы Маликов: Красногорск — мировой центр детского здравоохранения












Спорт в России и мире

Новости спорта


Новости тенниса
WTA

WTA сообщила Зарине Дияс плохую новость






Депутат Мособлдумы Маликов: Красногорск — мировой центр детского здравоохранения

Юрист рассказал москвичам о способах получить социальные выплаты

В Москве хирурги удалили с головы пациентки десять атером

17 населенных пунктов планируют газифицировать в Можайском округе в 2025 году