Добавить новость
Sakhalife.ru
Январь
2025
1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11
12
13
14
15
16
17
18
19
20
21
22
23
24
25
26
27
28
29
30
31

Сахалар ахсааммыт уонна араас муодалар тустарынан

0

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Сахалар тоҕо кыайан эбиллибэппитий диэн сахалар ахсааннарын элбэтэ сатааһын араас мөккүөрдэри үөскэтэр. Дьиҥэр, сахалар, ынах дуу, сылгы дуу төрөөһүнүн курдук төбө ахсаанынан буолбакка, хаачыстыбалаах дьоммут элбииллэринэн инники кэскилбитин быһаарынарбыт сөп буолуо этэ. Үрдүкү духуобунай эйгэлээх, норуоттарын туһугар бэйэлэрин харыстаммат өйдөөх-санаалаах, чэгиэн-чэбдик эттээх-хааннаах, Үөрэх, наука өттүнэн сайдыбыт, дьүһүннүүн-бодолуун дьиҥ сахалыы элитнэй көрүҥнээх, сахалыы куттаах-сүрдээх дьон үөскүүллэрэ, элбииллэрэ норуоту быыһыыр күүс буолуо этэ. Норуоту элбэтэри, киһини үөскүүр-төрүүр сүөһү курдук көрбөккө, итинник тула өттүнэн толкуйдаан, бу боппуруоһу көрөр сөп буолуо. Элбээбэппит биир төрүөтүнэн социальнай олох мөлтөөһүнэ, араас ыарыылар элбээһиннэрэ уонна сыыһа олоруу охсуулара буолуохтарын сөп.

Билиҥҥи ыччат наһаа уһуннук үөрэнэр. Оҕолонор, кэргэннэнэр сааһын сороҕор куоттаран кэбиһэр. Ити биир улахан охсуу. Чараастык таҥныы, муоданы сырсыы түмүгэр үгүс киһи тымныйар. Оччоҕо оҕолонор органнар ыарыылара элбиир. Билигин Россия үрдүнэн, сахаларга эмиэ, эдэр ыччакка синньээһин муодата кытаанахтык киирдэ. Былыргы сахалар, ол иһигэр саха муударай дьоно: «Толору эттээх-сииннээх, чэгиэн-чэбдик, үрдүк түөстээх, кэтит самыылаах кыргыттар элбэхтик оҕолоноллор, оҕолоро үчүгэй буолар», – диэн элбэхтик кэпсэтэллэрэ. Итини биһиги, саастаах дьон, үчүгэйдик өйдүүбүт. Былыргы сахалар, ити курдук эмиэ модун быччыҥнардаах, кэтит сарыннаах, күүстээх түөстээх, уһун, тирэхтээх, күүстээх атахтардаах уолаттары үтүө дьон буолар туруктаахтар диэн эрдэттэн билгэлииллэрэ. Биир улахан учуонай: «Ситэн-ханан, кэргэн тахсар кыыс быһа холоон 18-20 киилэ билиҥҥи нуорматтан ордук ыйааһыннаах буолара сөптөөх», – диэн суруйбутун аахпыттааҕым. Ити саамай сөп буолуо. Оҕо ийэтин иһигэр тугу аһаан киһи буолуой? Ып-ырыган ийэттэн элбэҕи туһаммата биллэр. Синньээһин муодата киһи аймаҕы мөлтөөһүҥҥэ аҕалла бадахтаах. Биһиги, аҕыйах ахсааннаах сахалар, ити муоданы сырсарбыт улахан охсуулаах буолара чуолкайдык өйдөнөр. Билигин синньээһин муодата киириитинэн тас улахан туһалаах сыаларын сорохтор эппэрээсийэлэтэллэр, сорохтор аһаабакка сүтэрэллэр. Аньыы даҕаны! Айылҕа хас биирдии киһини бэйэтэ сөпкө билэн, айан эрдэҕэ дии. Ол иһин ким эрэ суон, ким эрэ орто, ким эрэ синньигэс. Ону, дьэ, тоҕо суоннар уонна ортолор синньии сатаатылар? Бу айылҕаны утары барыы, аньыыны оҥоруу уонна нация инники кэскилигэр улахан буортулаах охсууну оҥоруу буолар. Онон, мин, эдэр дьоҥҥо бобон кэбиһэр быраабым суох да буоллар, толкуйданаргытыгар этэбин.

Аны биир курдук тыа сирин олоҕо алдьаныыта, олох ыарааһына, куораттарга көһүү үрдээһинэ саха норуотун эбиллиитин биир саамай мэһэйдиир төрүөтүнэн буолаллар. Маны өйдүүр-саныыр, толкуйдуур хайаан да наадалаах. Дьэ, ол иһин сахалары элбэтээри тыа сирин олоҕун тупсарыахха наада. Бу боппуруоһу салалтаттан ыйыталаһар, кинилэртэн туруорсар хайаан да наадалаах. Сыл аайы чуолкайа суох ааҕыынан Саха сириттэн 100-тэн тахса миллиард суумалаах сир баайа хостонор. Ити харчыттан тыа сиригэр хайаан да бэриллиэхтээх диэн санааны Бүлүүттэн үтүөлээх учуутал И.А. Иванов саамай сөпкө этэр. Татарстан президенэ, аҕа баһылыга Минтимер Шаймиев, кырдьык, тыа хаһаайыстыбатыгар промышленность үбүттэн фонда тэрийэн, Татарстан тыатын сирин олус улаханнык өйөөбүт. Биһиги тоҕо туһалааҕы, наадалааҕы бэйэбитигэр ылан, туһанан испэппитий?! Ити биһиги мөлтөхпүт уонна хаалыыбыт буолбатах дуо?! Промышленность кэлтэй сайдыыта дойдуну, норуоту хаһан да сөптөөххө аҕалыа суоҕа. Кэлтэйдээһин диэн – бу диспропорция. Ол аата сөбө суох, сыыһа сайдыы. Баҕар, бу кэлтэйдээһин Саха сирин айылҕатын улаханнык алдьатар, инники кэскилин мөлтөтөр курдук оҥоһуллар буоллаҕына, өссө ордук кутталлаах.

Дьэ, онон норуоту элбэтэр туһунан кэпсиир, туруорсар сахалар аан маҥнайгынан норуот социальнай олоҕо, доруобуйата, олорор, үлэлиир эйгэтэ, аһа-үөлэ, Ийэ Айылҕата тупсар усулуобуйатын туруорсуҥ. Оччоҕо сөптөөх олох тэрилиннэҕинэ, сахалар куораттарга кыбыллан олорбокко, тыа сирдэринэн киэҥник тэнийэн, сүөһүнү-аһы дэлэйдик тэниттэхтэринэ, үптээх-харчылаах буоллахтарына, дьэ, кырдьык, элбиэхтэрин, эт-хаан өттүнэн күүһүрүөхтэрин сөп.

Бу боппуруоска өссө биири эбэр наадалаах дии саныыбын. Сахалар көргө-нарга, ол-бу аралдьыйыыларга наһаа киирэн биэрбэппит сөп этэ. Олох диэн олох, үлэ-хамнас, сайдыы аҥардас көр-нар, шоу буолбатах. Ити суолунан бардахпытына улаханнык мөлтүүр туруктаахпыт.

Cаха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх матырыйааллар архыыпка бааллар дуо?

Ойууттар тустарынан суруйуулар

Арҕааттан анысхан тыал үрэриттэн хайдах көмүскэнэбит?

Кутталлаах ыарыылар тустарынан

В.А. Кондаков, «Аар Айыы итэҕэлэ». 5-с чаас. 204-238 с.

Сообщение Сахалар ахсааммыт уонна араас муодалар тустарынан появились сначала на SAKHALIFE.




Moscow.media
Частные объявления сегодня





Rss.plus




Спорт в России и мире

Новости спорта


Новости тенниса
WTA

Россиянка Панова выиграла турнир WTA в Аделаиде в паре с китаянкой Ханьюй






Вильфанд предупредил об опасных явлениях в 6 округах России из-за тёплой погоды

Жители Волгоградской области не увидят снега в 2025 году

Рэпер Scally Milano сообщил о своей депортации из Японии

Пожар в Первомайском: 2,1 тысячи м² металла победили огнеборцы МЧС России